Сэтинньи 7 кунугэр биьиги оскуолабытыгар 5-11 кылаас уерэнээччилэригэр психологическай доруобуйа месячнигын иьинэн араас саастаах о5олору тумэр сыаллаах коммунарскай тумсуу ыытылынна. Мероприятияны педагог-психолог, «Аргыс» о5о тэрилтэтин салайааччыта уонна эдэр учууталлар салайан ыыттылар.
Мероприятия кунус 12 чаастан киьээ 9 чааска дылы былаан быьыытынан ыытылынна. Барыта 46 о5о ус хамаанда5а арахсан араас тэрээьиннэргэ бэйэлэрин талааннарын, билиилэрин, дьо5урдарын, тумсуулэрин туьанан курэхтэстилэр. Курэхтэьии олус тэрээьиннээхтик, интэриэьинэйдик барыытыгар о5олор бэйэлэрэ айбыт «Оонньуу быраабылата» сурун куус буолла. Хас этап аайы быраабыланы хайдах тутуспуттарыгар рефлексия онуьулунна.
Оонньуу тумугунэн 53 баалынан «Черепашки» хамаанда (командир Белолюбский Кюндюл) – 1 миэстэ.
2 миэстэ – «Ураанхайдар» (командир Ефремов Георгий)
3 миэстэ – «Black star» (командир Бочкарев Коля)
Тэрийээччилэр ааттарыттан «Бастын командир» анал аат инэрилиннэ 11 кылаас уерэнээчитэ Ефремов Георгий.
Этаптар:
- Бэйэни билиьиннэрии
- Станцияларынан оонньуу (зарядка, викторина, «Лего», Арт-терапия «лесная поляна», «Угадай мелодию», «Попробуйте себя в…»)
- Мини – концерт
- Веселые старты
Оонньуу бутуутугэр тегуруччу олорон санаа атастаьыыта уонна до5ордоьуу оьуохайа ыытылынна. |