Быйыл сана уерэх дьылын керсе биьиги оскуолабытыгар 4 эдэркээн учууталлар кэллилэр: Константинова Ньургуйаана Федоровна, 2008 сыллаа5ы биьиги выпускницабыт, нуучча тылын уерэтэр; ХИФУ математика уонна информатика институтун ситиьиилээхтик бутэрэн, математика учууталынан Тегюрюкова Агата Александровна, 6-с кылаастарга кылаас салайааччытынан ананна; уонна кыраачаан, 1-кы кылааска кэлбит уерэнээччилэрбитин Егомина Марина Алексеевна, 2-с кылаастары Местникова Сааскылаана Семёновна билии-керуу аартыгар сирдиэхтэрэ. Мин, биьиги учууталларбыт кэккэлэрин ханатыьа кэлбит, оскуола улэтиттэн куттамматах, эдэркээн учууталлартан санааларын билээри, ыйытыыларбар эппиэттииллэригэр кердестум. Учууталлар мин боппуруостарбар наьаа учугэйдик санааларын эппиттэрин эьиги дьуулгутугэр таьаарабын:
- Тереебут дойдугут?
- Ханнык уерэ5и бутэрбиккитий?
- Хас сыл стажтааххытый?
- О5олору теье себулээтигитий?
- Биьиги оскуолабытын туох дии санаатыгыт?
- О5олор сыьыаннара хайда5ый?
- Учуутал кунун теье долгуйа куутэ5итий?
- Учуутал идэтигэр уерэммиккитин уерэтэр о5олоргутугар теье тиэрдэ5итий?
Тегюрюкова.А.А: «Томпо улууьун Кириэс-Халдьаайытыттан теруттээхпин. Хотугулуу-Илин Федеральнай университет математика уонна информатика институтун быйыл бутэрдим. Уерэхпин бутэрэн сана улэлии кэллим. Оскуоланы олус себулээтим. О5олору «учугэйдэр-куьа5аттар» диэн араарбаппын, ол эрээри кылаас аайы уердэр да, хомотор да о5олор бааллар. О5олор сыьыаннара культураларыттан, иитиилэриттэн тутулуктаах. Бастакы сылым ол иьин Учуутал кунун бырааьынньыгын долгуйа куутэбин, санаабар сотуратаа5ыта эрэ бэйэм учууталларбар бырааьынньыктарын тэрийэ сылдьар курдук этим. Билиибин о5олорго тиэрдэрим сыл бутуутэ биллиэ5э, тумукпут учугэй буолар ини…»
Местникова С.С. «Тереебут дойдум - Чурапчы улууьун Бахсы нэьилиэгэ. М.К. Аммосова аатынан Х-ИФУ, педагогическай институт, ПиМНО кафедратын бутэрбитим. 2 сыл стажтаахпын, бу иннинэ хоту улууска улэлээбитим. Кылааспар а5ыйах о5олоох этим, манна элбэх о5ону кытта улэлиир интириэьинэй. О5олорбун себулээн. Уерэтэр о5олорум сыьыаннара учугэй.
Учуутал кунэ диэн мин биир себулуур бырааьынньыгым . Онон долгуйбаппын.
Теье кыалларынан, кыах баарынан о5олорбун уерэххэ-билиигэ угуйа сатыыбын».
Егомина М.А.«Уус-Алдан Суоттутуттан сылдьабын. Н.Г. Чернышевского аатынан Булуутээ5и пед. Колледжы бутэрбитим, билигин кэтэхтэн урдэтинэ сылдьабын. Оскуола улахан, учугэй. О5олорум сыьыаннара учугэй. О5олорбун себулээн бе5е буолла5а дии. Кыра о5олору кытта сылдьарбын наьаа себулуубун. Учуутал кунун долгуйа куутэбин - бу оскуола5а сана кэлбит буоламмын. Учугэй, туох баар билиибин барытын о5олорго биэрэбин.О5олору себулуур буолан учуутал идэтин талан улэлии сылдьабын».
Константинова Н.Ф. «Найахы оскуолатын выпускнига буолабын. Мин 2013 сыллааха ХИФУ фиологическай факультетын бутэрбитим, уопсайа 2 сыл стажтаахпын. Мин тереебут оскуолабын бутэрэрбэр, кыракый хонтуора дьиэтигэр уерэнэр этибит. Билигин сана оскуола5а улэлиирбиттэн уерэбин эрэ - оскуола учугэй, аныгы уерэх ирдэбилигэр эппиэттиир. О5олорго учугэйдик сыьыаннастаххына, о5о эмиэ сыьыана учугэй буолар, ол эрэн хас биирдии оскуола5а, кылааска «быраабылаттан таьынан тахсар» о5олору керсебун. Учуутал кунун куруутун долгуйа куутэбин. Уруоктарым интириэьинэйдик баралларыгар сыал-сорук туруорунабын, онно улэлэьэбин».
Ити курдук, бу сыл биьиэхэ наьаа элбэх сана учууталлар кэлбиттэриттэн наьаа уерэбит уонна кинилэргэ улэлэригэр ситиьиилэри ба5арабыт. Ессе да ер сылларга биьиги оскуолабытыгар улэлииллэригэр, талан ылбыт идэлэрин толору быьылыылларыгар ба5арабыт!
Динара Тимофеева, 6 кыл
|